Статья "Опираясь на родной язык"
Төрөөбүт тылтан тирэхтэнэн
Хас биирдии омук төрөөбүт тыллаах, култууралаах. Биһиги сахабыт тыла киэҥ өйдөбүллээх, дириҥ историялаах, олус кэрэтик иһиллэр баай тыл буолар. Тылбыт сүппэтин, симэлийбэтин туһугар, кэлэр кэнчээри ыччаппытын, сахалыы тыыннаан, үтүө сиэргэ-майгыга угуйан, төрөөбүт тылбытын ыһыктыбакка инникигэ эрэллээхтик илдьэ сылдьыахтаахпыт. Ол Биһиги хас биирдии саха тылын уонна культууратын учууталларын эбээһинэһэ буолар. Хас биирдии оскуола, учуутал, төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэр суолун тобулуута уратылардаах.
Биһиги Болтоҥобутугар саха алпаабытын оҥорон, норуотугар маассабай үөрэхтээһини тэниппит, лингибиис, учуонай Семен Андреевич Новгородов, Саха Республикатын норуодунай суруйааччылара Василай Сергеевич Соловьев- Болот Боотур, Семен Андреевич Попов- Сэмэн Тумат, бастакы үгэһит С.А.Саввин - Күн Дьирибинэ, Улуу Пушкины сахалыы саҥардыбыт, поэт Г.Г. Макаров – Дьуон Дьаҥылы, суруйааччы В. Яковлев уонна да атын талааннаах дьон улаатан, кынат анньынан көтөн тахсыбыт сирдэринэн буолар. Саха ыччата оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт буоруттан силистэнэн-мутуктанан иитилиннэҕинэ, норуотун тылын баайын, үтүө үгэстэрин этигэр-хааныгар иҥэриннэҕинэ амарах сүрэҕин, мындыр өйүн, уран тарбаҕын утумнаатаҕына эрэ омук быһыытынан чэчирии сайдыа этибит диэн санааҕа олоҕуран, билиҥҥи дьалхааннаах олоххо сөп түбэһиннэрэн, сахабыт тыла сүппэтин туһугар, саҥа хардыы, саҥа сүүрэн, саҥа көрүү - оскуолабытыгар «Ийэ тыл кыһата» диэн проект суруйан үлэбитин саҕалаатыбыт.
Үлэбитин саҕалыырбытыгар , 2020 сыл сааһыгар тыл предметин үөрэтэр учууталларын холбоһуктара Россия бэрэсидьиэнин граныгар кыттан, «Диалог через призму времени» диэн проект суруйан кыайбыппыт – төһүү күүс буолла. Аныгылыы оҥоһуулаах виртуальнай музей оскуолабытыгар ахсынньы 23 күнүгэр арыллыбыта. Музейбыт үлэтин сыала-соруга: төрөөбүт түөлбэбит историятыттан саҕалаан, норуоппут олорон ааспыт олоҕун, биллиилээх биир дойдулаахтарбыт үлэлээбит үлэлэрин, охсуспут охсуһууларын билиһэннэрии, аныгы технология көмөтүнэн кинилэр ситиһиилэрин, олохторун туһунан киэҥ эйгэҕэ куйаар ситимин нөҥүө үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, аангылыйа тылынан) тарҕатыы, дойдубут дьонун аатын үйэтитии буолар
“Диалог через призму времени” уонна «Ийэ тыл кыһата» проектар үлэлэрин чэрчитинэн оскуолабытыгар үс тылынан араас дьаһаллар ыытылыннылар. Ол курдук: музейбыт арыллыытыттан саҕалаан, олоҥхо күнүн, саха фольклорун биэчэрин, кылаастар ардыларынан үгэ этии күрэҕин, үс тылынан дьиэ кэргэн олимпиадатын, «Свеча горела на столе» нуучча талааннаах суруйааччыта С.А. Есенин 125 сааһыгар аналлаах суруйааччы хоһооннорун төрөппүт оҕотун кытта ааҕыы күрэҕин, «Два языка – два крыла» оскуола иһинэн интеллектуальнай оонньууну, аангылыйа тылын бэстибээлин, үс тылынан оратордар күрэхтэрин уонна да араас дьаһаллар буоллулар.
Ону таһынан, «Тыл омук тыына» - куйаар ситимин нөҥүө аһаҕас кэпсэтии ыыттыбыт. Кэпсэтиибитигэр төрөөбүт сахабыт тылын үөрэтии сайдыытын тула санаа атастастыбыт, оҕолорбутугар, кэлэр көлүөнэ ыччакка төрөөбүт тыл, омук өлбөт-сүппэт тыына буоларын өйдөттүбүт. Кэпсэтиигэ кыттыыны ыллылар: Турция Анкара куоратыгар Хаджеттепе университетын билиҥҥи түүр тылларын салаатын билим үлэһитинэн үлэлиир Хасан Хайырсевер, Россия Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культураларын үөрэтэр институт дассыана, филологическай наука кандитата Ольга Ксенофонтовна Павлова, Россия үтүөлээх учуутала, РСФСР народнай үөрэҕириитин туйгуна, Чурапчы гимназиятыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Болдовская Фекла Николаевна, Н.Д. Субуруускай аатынан Болтоҥо оскуолатын директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Новгородова А.В., оскуола научнай методическай үлэтин салайааччыта Спиридонова Е.А., оскуолабыт учууталлара уонна үөрэнээччилэрэ, нэһилиэкпит олохтоохторо, эдэр ыччат.
Саҥа проект чэрчитинэн фольклор (чабырҕах, сахалыы ырыа-тойук, үҥкүү), тыл баайын байытар, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр - «Айар тыл алыба”, научнай үлэҕэ - «билимҥэ бастакы хардыылар» курдук ФГОС чааһыгар, эбии дьарыктар үлэлииллэр. Ол курдук «Инникигэ хардыы» НПК-ҕа биһиги оҕолорбут үлэлэрэ республика таһымыгар күрэхтэһэр чиэскэ тиксибиттэрэ. Республика үрдүнэн куйаар нөҥүө ыытыллар араас күрэхтэргэ, НПК-ларга кытталлар. Ол курдук улууспут ыытар республиканскай “Кут-сүр” фольклор бэстэбээлигэр: олоҥхоҕо. чабырҕахха, оһуохайга, сахалыы үҥкүүгэ, үгэҕэ кыттан биһиги оҕолорбут бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэрэ.
Саха тылын күнүгэр анаммыт Семен Андреевич Новгородов - саханы саха дэппит, сахалыы алпаабыты оҥорбут, сахалыы суругу-бичиги тарҕаппыт, лингибиис учуонай олунньу 13 күнүгэр 1892 сыллаахха биһиги Болтоҥобутугар, Чуораайытта алааска төрөөбүтэ. 1996 сылтан бастакы президеммыт М.Е. Николаев ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт кунэ - «Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн» биллэриллибитэ. Бу күҥҥэ анаммыт өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар дьаһалларга биһиги оскуолабыт эмиэ туора туран хаалбакка тэрээһин арааһын ыыттыбыт, кытынныбыт. Ол курдук араас өрөспүүбүлүкэ, улууспут, нэһилиэк иһинэн ыытыллар дьаһалларга кытынныбыт. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Уран тыл” нэһилиэкпит иһинэн ыытыллар төрөөбүт тыл туһунан хоһоон ааҕыы күрэҕэр, тыл этиитин куонкурустарыгар кыттан араас бириистээх миэстэлэргэ тигистибит. Оскуолабыт иһинэн үс сүһүөҕүнэн арааран тылга, төрөөбүт дойдуга сыһыаннаах интеллектуальнай оонньуулары ыыттыбыт. Биир дойдулаахпыт С.А.Новгородовка анаан олунньу 13 күнүгэр С.А.Попов – Сэмэн Тумат кыттыылаах линейка ыыттыбыт. Өреспүбүлүкээнискэй «Тыл омук тыына » форумҥа кытынныбыт, тэрээһин ыытыстыбыт.
Төрүт үгэс сүппэтэҕинэ тыл сүппэт. Онон бары турунан тылбыт сүппэтин, омукпут сайдарын туһугар күүс-көмө буолан, хас биирдии саха киһитэ үүнэр көлүөнэни үөрэтэргэ сэмэй кылаатын киллэрдин. Төрөөбүт тылбытын, өбүгэбит илдьэ кэлбит үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын, талааннарын-дьоҕурдарын таптаан, сааһылаан, харыстаан, сайыннаран иһэр буоллахпытына чахчы да үрдүк культуралаах, киэҥ көҕүстээх, бөҕө тирэхтээх , чөл туруктаах, мындыр өйдөөх, барыны бары сатыыр, бары өттүнэн киэҥ сайдыылаах саха омук быһыытынан ааппытын ааттатар эдэр ыччаттаах буолуохпут. Сахабыт тыла сүппэккэ үүнэ-сайда турарыгар былааннаах үлэни өссө да ыыта туруоҕуҥ!
Суруйда: Н.Д.Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын учуутала Кривошапкина С.М.
2023 сыл олунньу 16 күнэ
На странице приведен фрагмент.
Автор: Кривошапкина Cахая Михайловна
→ Публикатор 16.02.2023 0 512 30 |
Спасибо за Вашу оценку. Если хотите, чтобы Ваше имя
стало известно автору, войдите на сайт как пользователь
и нажмите Спасибо еще раз. Ваше имя появится на этой стрнице.