Статья "Использование на уроках родного языка и литературы младших школьников кластерного метода" (на якутском языке)


Солнцева Людмила Евгеньевна

Сиэгэн – Куол орто уопсай уорэхтээьин оскуолата,

Кэбээйи улууьа


Аа5ыы, тыл уруоктарыгар кластер ньыматын туттуу

Сыала: Уорэхтээьин сана стандартын ирдэбилигэр оло5уран уорэтии сана хайысхатын, кластенай ньыманы тыл, аа5ыы уруоктарыгар туттуу.

Соруктар:

  • кластер ньыматын туттануорэтии методическай-педагогическай торуотун быьаарыы;

  • учууталлар бу ньыманы улэлэригэр тутталларыгар интэриэс уоскэтии;

  • саха тылын, литература аа5ыытын, саха култууратын уруоктарыгар сана технологияны туьаныы сурун туьумэхтэрин билиьиннэрии.

Тумук ситиьиилэр:

Учууталлар кластер ньыматын ырытан, кини кодьууьун толору ойдоон, бэйэлэрин уруоктарыгар, дьарыктарыгар туьанан, о5о уорэнэр, аа5ар, билэр – корор ба5атын куодьутэн уьугуннарыахтара. О5о чинчийэн, айан корор ба5атын сайыннарыахтара.

Киириитэ

Оскуола5а сана уорэх стандартыгар коьуунэн сибээстээн, учууталларга сана информационнай технологиялары баьылыырга, уруоктарга туьанарга сорук турар. Уорэх технологията, ньымата оло5у кытта тэннэ хардыылаьар. Оскуола5а сана информационнай технологияны туьаныы хас да хайысханан барыахтаах.

  1. Бэлэм программнай продуктары (компакт дискэлэри) туьаныы.

  2. Информационнай эйгэни оноруу уонна туьаныы.

Хас биирдии учуутал бу сыалы ситиьэргэ санаттан – сана ньымалары туттар. О5о метапредметнай уоруйэхтэрин сайыннарарга биир табыгастаах ньыманан кластернай ньыма буолуон соп. Бииртэн биири ситимнээн атыны ойдоон кэлии, биир ойдобултэн хас да ис хоьооннорунан майгыннаьар, соп тубэьэр ол эбэтэр ол ойдобулу ситэрэн биэрэр тыллары суумэхтэргэ араары кластер дэнэр.

Мантан сиэттэрэн кластернай ньыма диэн – бэриллэр матырыйаалы схема ньыматынан системалааьын буолар. Учуутал уруокка уонна уорэх таьынан дьарыкка кластернай ньыманы туьанан о5о бэйэни сыаналанар, билэр-корор, бодоруьар дьайыыларын (метапредметнэй уоруйэхтэрин) инэрэри ситиьиэхтээх.


Уорэх дэгиттэр дьайыылара


Бэйэни сыаналанар дьайыы

регулятивные


Билэр-корор дьайыы

познавательные

Бодоруьар дьайыы

коммуникативные

Бэйэни салайынар дьайыы

личностные

- сыалы-соругу таба туруорунуу;

- сатаан былааннаныы;

- тумугу сылыктааьын;

- бэйэни хонтуруолланыы;

- ал5аьы конноруу;

- бэйэни сыаналаныы

- сурун уорэнэр уоруйэх;

- тобулук – ойу сайыннарар уорэнэр уоруйэх;

- проблеманы туруорар уонна быьаарар уоруйэх;

-бэлиэни, символы туьанан уорэнэр уоруйэх

- бииргэ улэлиири былаанныыр;- бииргэ тапсан улэлиир;

- санаатын сааьылаан санарар уонна суруйар.

- торообут тылы уорэтии суолтатын ойдооьун;

-сиэр-майгы сыаннастарын ойдооьун;

- торообут тыл чол туруктаах буоларыгар тус бэйэ оруолун ойдооьун;

- бэйэни сыаналаныы

Холобур, кластер ньыматынан оноьуллубут саха торут дьарыгар сыьыаран сылгы иитиитигэр сыьыаннаах матырыйаалы саха тылын, литература аа5ыытын, саха култууратын уруогар тоьо багарар уларытан – тэлэритэн туьаныахха соп.

Бу ньыма олус элбэх информацияны, иьитиннэриини хабар буолан, сана теманы барарга о5ону уруокка бэлэмниир, уорэтэр тема5а киллэрэр курдуксурун ньыма быьыытынан, ону тэнэ уруогу са5алыырга барбыт матырыйаалы санатыьар уонна араас ис хоьоонноох эрчиллиилэри биэрэргэ олус табыгастаах.

Кластер ньыматын алын, орто уонна урдуку кылаас уорэнээччилэригэр судургутутан, уустугурдан хайдах ба5арар киллэрэн биэрэр ордук. Саастарынан уратыта диэн урдуку кылаас о5ото учууталтан тутулуга суох бэйэтэ кластер ньыматынан эрчиллиилэри толорор, тыллары тоьо ба5арар сааьылыыр, быьаарыытын этэр кыахтаах. Оттон алын кылаас оголоругар учууталы кытта тэннэ улэ ирдэнэр. 2-3 дьарык кэннэ бу ньыма олохтоохтук киирдэ5инэ о5о то5о бу ньыманы туьанарбытын ойдоон, ордук интэриэьинэй диэн ылынан барар.

Кластеры оноруу сурун принциптэрэ

Кластер Аал-Луук мас эбэтэр спутниктаах планеталар моьуоннаах буолуон соп. Схема ортотугар сурун тыл, ойдобул суруллар. Тулатыгар схема5а туьааннаах тирэх тыллар, ойдобуллэр коно сурааьынынан ыйыллан холбоьоллор. Тирэх тылларга кинилэргэ ис хоьооннорунан чугас, ойдонуллэр, теманы арыйар тыллар тирэх буолан холбоноллор. Киирбит, ыйыллар тыллар бары биир ситим холбоьон сурун ойдобулу кытта биир ситимнээх буолан тахсыахтаахтар.

Кластер ньыматын уруокка сопко туьаныы, туттуу быраабылалара

Уруок хаамыытыгар ыйыллыбыт ньыманы хаьан туттартан тутулуга суох кластеры дуоска5а, туспа илиискэ, тэтэрээккэ онорооьуну киьи хара5ар быра5ыллар гына ча5ылхай, онноох гынары субэлииллэр. Ордук онноох миэллэри, харандаастары, ручкалары, фломастердары туьанары ордороллор.

Кластеры онорууга ыйынньык

Кластеры онорууга о5о ойугэр туох киирбитин барытын киллэрэн иьиэххэ наада. Ал5ас, сыыьа буолуо диэн куттал суох буолуохтаах. Ыйбыт, киллэрбит санааны хаьан ба5арар сотон, коннорон, ситэрэн биэриэххэ соп. О5о толкуйун, саба5алааьынын, ба5атын тоьо ба5арар куттаммакка толору киллэрэн иьиэн соп. Тоьонон кластер салаата элбэх да соччонон о5о ырытан толкуйдуура, теманы толору ойдуурэ кэниир, талар ньымата элбиир. Ырытыы тумугунэн сурун ойдобул салаата ханан эрэ сотуллан, ханан эрэ эбиллэн миэстэтин булан тахсар.

Кластер ньыматын туттуу

Кластер ньымата ханнык ба5арар уруокка ханнык ба5арар теманы барыыга туьаныллыан соп. Биирдии о5онон, боло5унэн, сыалай коллективынан улэни тэрийии барар. Биир улэттэн атын улэ5э коьуу ханнык ба5арар тугэннэ костор. Холобура: уруок са5аланыыта биирдии о5о туспа бэйэтин тэтэрээтигэр кластер оностор. Сана тема5а киирэн истэхтэрин, улэ хаамыыта улаатан ситэн истэ5ин, уопсай ырытыы киирэн истэ5ин аайы графическай схеманы болох, коллектив бары бииргэ ырытан оноруохтарын соп. Дьиэ5э улэ5э о5о бэйэтэ кластерынан улэлиэн, оноруон соп.

Кластер ньымата уруок ханнык ба5арар кэмигэр туттуллуон соп.

  • Сана теманы барыы кэмигэр уорэнээччилэр тугу билэллэрин, саба5алааьыннарын кордороллор. Бу тугэннэ о5о билэр-корор, сопко ырытар буолар уоруйэ5ин сайыннарар.

  • Информациянан улэ тэриллиитэ: текси аа5ыы, толкуйдааьын, бэлиэтэнии, ырытыы.

  • Рефлексия этабыгар кластер ньымата билиини тоьо ойдообуттэрин, ылыммыттарын хонтуруоллуурга ыытыллар.

Кластеры бутун уруогу быьа туьаныахха соп. Оноьуллубут схема5а эбии сана бэлиэтээьиннэри киллэрэн иьии ыытыллар. Эбии киирэр бэлиэтээьиннэри араас онунэн кордордоххо о5о ойугэр ордук кэбэ5эстик киирэр, ойдонумтуо буолар.

Кластер ньыматын туьаныы учугэй оруттэрэ, тумуктэрэ

Учугэй оруттэрэ:

  • Элбэх информацияны хабар;

  • Кылаас о5отун барыларын хабан, интэриэьиргэтэн улэлэтэр;

  • О5олор сыыьыахпыт, сатыахпыт суо5а, билбэппит диэн куттаммакка сэргэхтик, дьаныьан туран улэлииллэр;

  • Тугу билэрин, сатыырын барытын ырытар, таьыгар таьаарар.

Туохха уорэтэрэ:

  • Ыйытыы биэрэ уорэнэллэр

  • Суруну булан ыйаллар

  • Саба5алыыллар, тумэллэр, биир санаа5а тахсаллар

  • Толору ырыталлар

  • Системалыы уорэнэллэр

  • Бэйэ санаатын этэ уорэнэллэр

  • Тэннии уорэнэллэр

Тумук

Кластер ньыматынан улэлии уорэммит о5о бэйэтин санаатын толору этэ, санаабытын бэйэтэ оноро уорэнэр. Кини атын дьону, группаны кытта сатаан улэлиир, бэйэтин улэтинэн астынар, киэн туттар киьи буолар. Кластер ньымата саба5алаан корооьуну, ырытыыны, ситэрэн биэриини, анализтааьыны уонна суруну булан бэлиэтээьини сайыннарар. Бу ньыманан о5о дьулайбакка кэпсиир, санаатын толору этэр буола уорэнэр.


Полный текст материала Статья "Использование на уроках родного языка и литературы младших школьников кластерного метода" (на якутском языке) смотрите в скачиваемом файле.
На странице приведен фрагмент.
Автор: Солнцева Людмила Евгеньевна  tymara2016
15.09.2016 0 3782 235

Спасибо за Вашу оценку. Если хотите, чтобы Ваше имя
стало известно автору, войдите на сайт как пользователь
и нажмите Спасибо еще раз. Ваше имя появится на этой стрнице.



А вы знали?

Инструкции по ПК