Статья "Олонхону билинни киэпкэ,ньыма5а киллэрэн уорэтии"


Саха Өрөспүүбүлэкэтин Үөрэзин министиэристибэтэ

Арктикатаазы култуура уонна үскүүстүбэ үнүстүтүүтэ”

А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар дозордоһууларын дьиэтэ





Олоҥхону үөрэтиигэ саҥа ньыманы, албаһы туттуу












Үлэни толордо: саха тылын уонна литературатын

учуутала Романова С.В.











Амма улууһа Чакыр 2018



Иһинээзитэ

Киириитэ ..........................................................................................................3-5

I.Олоҥхону үөрэтиигэ тиһиктээх үлэни тэрийии……………………………… 6-7

II.Аныгы халыыпка, киэпкэ киллэрэн үөрэтии.................................................8-11

Түмүк..................................................................................................................12

Туһаныллыбыт литература..................................................................................13






























Киирии.

Киһи аймах билигин биир саамай быһаарыныылаах кэрдиис кэмҥэ тиийэн кэллэ.Үөрэхтээһин систиэмэтигэр элбэх улахан уларыйыылар, саҥа ирдэбиллэр киирдилэр. Дьиэ кэргэнтэн сазалаан, бары үөрэх тэрилтэлэрин сүрүн соругунан киһилии сиэрдээх - майгылаах, инники олоҕун чопчу былааннанар киһини иитэн - үөрэтэн таьаарыы буолар. Төрөппүт, уһуйаан, үөрэх тэрилтэтин сүрүн соруктара биир, онон озо уһуйааҥҥа сылдьар сааһыттан саҕалаан, төрөппүт үөрэх тэрилтэлэрин кытта ситимнээхтик үлэлэһэрэ эрэйиллэр.

Озо тыл-өс, өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар, ис кыаза уһуктарыгар маҥнай остуоруйа, таабырын, өс хоһооно, чабырзах , олоҥхо, уус-уран айымньы олус улахан дьайар суолталаахтар.Ыал ийэтэ, а5ата кинигэни аа5ар, өрө тутар буоллахтарына, итинник эйгэзэ улааппыт оҕо ааҕыыга интэриэһэ үөскүүр, олохсуйар.

Озону сиэрдээх майгыга иитии төрдүн биир кистэлэҥнэриттэн уус-уран литература буолара саарбаҕа суох. Билиҥҥи озо кыра сааһыттан компьютерга, телефоҥҥа тардыһар, араас информацияны ылар.Информационнай технологияларга үтүрүйтэрэн, бүтүн дойду үрдүнэн ааҕыы таһыма намыһах. Уус-уран айымньыны умсугуйан ааҕар озо үөрэзэр эрэ ситиһиилээх буолбат, кэтээн көрдөххө ,бары өттүнэн эргиччи сайдыылаах, төрөппүттэригэр чугас буола улааталлар.Литература уруоктара озо олох сүрүн сыаннастарын өйдүү, ырыҥалыы улаатарыгар сүрүн тирэзинэн буолаллар.

Саха литературатын үөскээбит силиһэ, мутуга-норуот тылынан уус-уран айымньыта.Биһиги, сахалар, олоҥхо курдук сүдү айымньылаах буоламмыт, атын омуктар сэҥээриилэрин ыллыбыт.Философскай наука доктора, профессор, бөлүһүөк К.Уткин-Ньүһүлгэн өбүгэлэрбит өркөн өйдөрүттэн олох отуора уларыйан истэзин аайы ыйытарбыт элбээн иһэр диэн сөпкө бэлиэтиир.Мындыр ааҕааччы өйүнэн тобулан, уйулзатынан таайан, бу түгэзэ көстүбэт баай нэһилиэстибэттэн үгүс таайыллыбатах таабырыҥҥа хоруйу булуон сөп.

Үөрэхтээһин систиэмэтигэр үгүс уларыйыылар, саҥа ирдэбиллэр киирдилэр.Россия үөрэзин сүрүннүүр Федеральнай государственнай үөрэх стандарта үүнэр көлүөнэни киһилии сиэрдээх, ийэ дойдуга бэриниилээх сомоҕо гражданскай уопсастыбаҕа түмэр сыаллаах.Стандарт Россия норуоттарын ураты култуураларын уонна тылларын чөлүн харыстыыр, сайыннарар суолу тутуһар. Саҥа стандарт ирдэбиллэригэр тирэзирэн оҥоһуллубут үөрэх босуобуйалара, электроннай кинигэлэр учуутал айымньылаахтык үлэлииригэр көмө, тирэх буоллуллар.Саҥа бырагырааманан олоҥхону үөрэтии хас кылаас аайы, тиһигин быспакка, учуутал көрүүтүнэн үөрэтиллэр буолла.

Саха норуотун биир талааннаах тойуксута, олоҥхоһута У.Г. Нохсоороп “Сылгы уола Дыырай Бэргэн” олоҥхото, ураты ис хоһоонунан, интэриэһинэй сюжетынан озо болзомтотун тута тардар айымньы.

Сэттис кылааска озо өй-санаа өттүнэн сайдар, дьон араас сыһыанын, майгытын-сигилитин араарар, тус көрүүлээх. Бу өттүнэн олоҥхо озо сааһыгар сөп түбэһэр гына сөптөөхтүк аттарыллан киирбит. Чинчийээччилэр этэллэринэн, “Дыырай Бэргэн” олоҥхо саха омуга Өлүөнэ өрүскэ кэлэн олохсуйууларын туһунан өйү –санааны илдьэ сылдьар диэн сабазалыыллар.Биллэр фольклорист, учуонай Н.П.Емельянов сылгы төрүттээх бухатыырдар тустарынан олоҥхону чинчийэн баран, маннык түмүгү оҥорбута.У.Г. Нохсоороп быһа барыллаан, бу олоҥхотун1935-1937 сылларга суруйбут “Дыырай Бэргэн” диэн ааттаах олоҥхолор атын улуустарга эмиэ тарзаммыттар.Саха олоҥхотун киэҥ эйгэзэ таһаарбыт учуонай-чинчийээччи С.Д. Мухоплева “Дыырай Бэргэн” олоҥхо киириитигэр суруйбутуттан холобурдуубут: “Итини таһынан сылгыттан төрүттээх бухатыырдар тустарынан атын ааттаах- суоллаах айымньылар эмиэ архыыпка бааллар.

Үлэ тиэмэтэ У.Нохсоороп “Дыырай Бэргэн” олоҥхотун саҥа киэпкэ, халыыпка киллэрэн үөрэтии.

Үлэ соруктара үөрэх араас технологияларын чинчийэн, литература уруоктарыгар сөп түбэһэр технологияны талан үөрэтии, сахалыы тыллаах озо өйүгэр- санаатыгар, уйулзатызар сөп түбэһэр гына тупсаран, чочуйан туттуу.

Үлэ сонуна Олоҥхо саха норуотун саамай бөдөҥ уонна дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буоларын быһыытынан, учуутал олоҥхону үөрэтэригэр эрдэттэн бэлэмнээх буолуохтаах.Олоҥхону үөрэтии методикатыгар Н.И. Филиппова, Е.М. Поликарпова, Е.П. Чехордуна учуутал үлэтигэр көмө буолар элбэх босуобуйалары, ыстатыйалары суруйдулар, итини сэргэ өрөспүүбүлүкэ бастыҥ учууталлара бэйэлэрин опыттарын үллэһинниллэр.

Олоҥхону үөрэтиигэ үөһэ ааттаммыт үлэлэртэн ураты сонун көрүүлэр, этиилэр аҕыйахтар. Онон үлэ олоҥхону үөрэтии методикатыгар маҥнайгы холонуулартан биирдэстэринэн буолар.

Үлэ көдьүүһэ. Учуутал, уһуйааччы олоҥхону үөрэтиигэ көмө матырыйаал быһыытынан туһаныахтарын сөп.

























I.Олоҥхону үөрэтиигэ тиһиктээх үлэни тэрийии.

Өбүгэбит түҥ былыргы олоҕун кэрэһэлиир олоҥхо курдук сүдү айымньыга озо болзомтотун, интэриэһин уһугуннарыы, өйүн –санаатын салайыы учууталтан элбэх толкуйу, айымньылаах үлэни эрэйэр.Олоҥхону озо ылынара эбэтэр ылыммата учуутал үөрэнээччи дьарыгын хайдах тэрийэриттэн улахан тутулуктаах.Бастатан туран, озозо олоҥхону ааҕыыга матыыбы (мотивация) үөскэтии, көзүлээһин.Уус-уран айымньыны үөрэтии түөрт түһүмэхтэн турарын курдук, олоҥхону үөрэтии эмиэ бу түһүмэхтэринэн барар.

Киирии уруокка ордук үгүстүк учууталлар сөбүлээн туттар ньымаларынан. албастарынан турукка киллэрии, сонурзатыы, күлүүс тыл буолаллар.Методистар бэлиэтииллэринэн, кыра да ордук хоһу эбэтэр итэзэс толкуй оҕо ылыныытын мөлтөтүөн сөп. Киирии уруокка художниктар үлэлэрин туһаныы оҕо өйгө оҥорон көрөр дьозурун сайыннарарын сэргэ, айымньыны ылыныытын күүһүрдэр.Учуутал уруһуйу таларыгар манныгы учуоттуохтаах:

1.Үлэ ис хоһооно уруок сыалыгар, тиибигэр сөп түбэһиэхтээх.

2.Ис хоһооно өйдөнөр буолуохтаах.

Е.М. Поликарпова, М.Т. Гоголева “... олонхону суолталаах кэрчиктэринэн сиһилии ырытыыга художниктар биирдиилээн айымньыларын, ордук озолор олонхо ырытыллар кэрчигин дириҥник ылыналларыгар суолталаах үлэлэри көрдөрөн, олоҥхо тылын- өһүн дьүөрэлээн ыытыы таһаарыылаах,” диэн бэлиэтиир. Этиллибитин курдук, олоҥхону ырытыы бары көрүҥнэригэр уруһуйу дьүөрэлээн туһаныахха сөп. Уруһуй оҕону олоҥхо эйгэтигэр чугаһатарын таһынан, кылааска айар эйгэни үөскэтэр, үөрэнээччини уонна учууталы биир сыалга-сорукка ситимниир. Оҕо тиэкистэн олоҥхо сирэ-дойдута ураты айылҕалаах, быстыбат быйаҥнаах буоларын билэр. ¬Үгүс учууталлар, методистар биллэр художник Т. Степанов үлэлэрин сөбүлээн туһаналлар, „”Үс дойду“,”“Олоҥхо сирэ –дойдута“ үлэлэр тиэкискэ этиллибити бигэргэтэллэр ылыныыны күүһүрдэллэр.

Музыканы туһаныы.

Киирии уруокка методистар учуутал бэйэтэ аа5ыыта ордук оҕолорго тиийимтиэ диэн этэллэр. Дыырай Бэргэн олоҥхону үөрэтиигэ Устин Нохсоороп эт куолаһын озо истэрэ, кини туһунан билэригэр көмөлөөх эрэ буолуон сөп.Сорук Боллур уонна Айыы Умсуур удаҕан ырыаларын иһитиннэрэн, олоҥхо персонажтарын оҕо дөбөҥнүк өйдүүрүн ситиһиэххэ сөп.

Уобарастарынан ырытыы.

Олоҥхону ааҕыы кэмигэр учуутал озо болҕомтотун айыы бухатыырын сиэрдээх майгытыгар, тылыгар-өһүгэр туһаайар.Олоҥхо геройдарын сиһилии ырытыах иннинэ маннык ыйытыылары биэриэххэ сөп:

1. Дыырай Бэргэн оҕо сааһа хайдах ааспытый?

2.Кини ийэтэ, аҕата кимнээх эбиттэрий?

3.Тойон Чуучустаан балта ким диэн ааттааҕый?

4.Дыырай Бэргэн атын бухатыырдартан туох уратылаазый?

Бу ыйытыктар кэнниллэриттэн уобарастарынан дириҥэтэн ырытыыны ыытыахха сөп.Методистар суруйалларынан, ырытыы хайа эрэ көрүҥэ баһылыыр суолталаах буолуон сөп.Үөрэнээччини толкуйдатарынан проблемнай ырытыы ордук таһаарыылаах , учуутал ыйытыы тиһиктэрин сөптөөхтүк аттаран, кэпсэтиһиини салайан иһиэхтээх.

Олоҥхону түмүктүүр үлэзэ учуутал араас таһымнаах, барыйааннаах үлэни бөлөзүнэн, биирдиилээн да озо кыаҕын учуоттаан биэрэрэ ордук тозоостоох..











II.Аныгы халыыпка, киэпкэ киллэрэн үөрэтии

Үөрэх саҥа стандартын сүрүн ирдэбиллэринэн буолаллар:

1.Учуутал үөрэтэр оҕотун киһи (личность) быһыытынан үчүгэйдик билиэхтээх, ол билбитин уруогун ыытарыгар туһаныахтаах (использование субьективного опыта): оҕо ситиһиилээх буоларыгар көмөлөһөр сыаллаах эбэтэр кини саҥа таһымҥа тахсарыгар, а.э кыайбатаҕын кыайарыгар, сатаабатаҕын сатыырыгар, итэҕэстэрин көннөрүгэр туһуланыахтаах.

2.Уруок матырыйаала оҕо тус олоҕор наадатын, тус сатабыла сайдыытыгар хайа өттүнэн туох туһалааҕын бэйэтэ арыйарыгар учуутал көмөлөһүөхтээх.

3.Үөрэтиллэр матырыйаал ис хоһоонун ытык өйдөбүллэри иҥэрэр төрүттэрин (сыаннастарын) толкуйдааһын, ону уруокка киллэрии.

4.Саҥаны билбити олоххо туттарга туһулаан айар хабааннах сорудахтары эбэтэр айар үлэни толкуйдааһын. «Маннык оҥор» диэн халыыпка киллэрбэккэ, билбити туох да уларытыыта суох хаттаан хатылаппакка, дьиҥнээхтии оҕону саҥа быһыыга-майгыга (ситуацияҕа) киллэрии.

5. Оҕо бэйэтин иитинэригэр, сайыннарарыгар учуутал бастыҥ холобур буоларга дьулуһуохтаах.

Саҥа көлүөнэ стандарт сүрүн ирдэбилэ оҕо бэйэтин бэйэтэ үөрэтинэригэр, иитинэригэр усулуобуйаны тэрийии.Оннук усулубуйаны уруокка тэрийии үөрэх дьарыга (учебная деятельность)диэн аатырар. Россия үөрэҕин Академиятын академига Н. Ф. Виноградова этэринэн «учебная деятельность не равна учению. Ее структура такова:потребность – задача – мотив – действия – операции – контроль – оценка». Тоҕо үөрэх дьарыга диэн аатырда? Тоҕо диэтэххэ, саҥа тиэмэни, ол аата саҥа өйдөбүлү өйдүүргэ, бэйэҕэ «арыйарга» учуутал оҕолуун тэҥнэ бииртэн биир ыйытыыга эппиэт булан эбэтэр бииртэн биир сорудаҕы толорон түмүк өйдөбүлгэ тиийэн кэлэллэр. Ол суола, а.э. ыйытыыларын, сорудахтарын тиһилигэ үөрэх дьарыга буолар. Онуоха маннык ирдэбиллэри тутуһуллуохтаах:

- оҕону бэйэтин (самостоятельно) толкуйдатар ис хоһоонноох сорудахтар, ыйытыылар, ыйыылар-кэрдиилэр (инструкция) бэриллиэхтээхтэр

- олор бары бэйэ-бэйэтиттэн ситимнээх буолуохтаахтар,

-оҕо иһийэн олорон бэйэтэ үлэлиир гына биир кэлимник бэриллиэхтээхтэр, эбэтэр оҕо тугу толкуйдуурунан сирдэтэн тутатына оҥоһуллан тахсыахтаахтар,

- түһүмэхтэринэн тус-туһунан буоларын хаачыйыллыахтаах,

Үөрэх саҥа ирдэбиллэрин олоххо киллэрэр инниттэн учуутал педагогическай технологиялар араастарын үөрэтэн, бэйэтигэр сөптөөзүн талан, ситэрэн тиһиккэ кубулутуохтаах.Сайдыылаах дойдуларга , Россия да үгүс оскуоларыгар балайда биһирэммит технологиялар элбэхтэр.

Литература учууталлара ордук сөбүлээн ырыҥалыыр толкуйу сайыннарар технологияны биһирээн тутталлар. Бу технологияны Америка оскуолаларыгар 1995 сыллаахтан үөрэх систиэмэтигэр туттар буолбуттара.Технологияны төрүттээбит киһинэн буолар Воган Эстес.

Ырыҥалыыр толкуйу сайыннарар технология туһата.

  • бэлэми батыспакка оҕо бэйэтэ толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар,

  • туохха барытыгар бэйэтин көрүүтэ,сыһыана үөскүүрүгэр көмөлөһөр,

  • өй үлэтин ньымаларыгар, албастарыгар үөрэтэр,

- учуутал-үөрэнээччи икки ардынааҕы ситим сыһыанын уонна үлэтин хаамыытын салайар кыаҕы биэрэр

Бу технология оҕо үөрэххэ эрэ буолбакка, олоххо, ханнык баҕарар түбэлтэҕэ толкуйдаан, ырыҥалаан, ыараҥнатан, сыаналаан көрүү эрэ кэнниттэн быһаарыныыны ылынар сатабылын сайыннарар.

Саха тылыгар уонна литературатыгар ырыҥалыыр толкуйу сайыннарар технология ньымаларын, албастарын туттуу озо айар дьозурун, тобулук өйүн сайыннарар, үлэ эйгэтигэр түргэнник киллэрэр.

Олоҥхо ис тыынын, уратытын үрэйбэт инниттэн ханнык ньыма ордук табыгастааҕын учуутал эрдэттэн толкуйдуура, бэлэмнэнэрэ ирдэниллэр.

Кластер.

Бииртэн ситимнээн атыны өйдөөн кэлии, биир өйдөбүлтэн хас да ис хоһооннорунан майгыннаһар, сөп түбэһэр, өйдөбүлү ситэрэр тыллары сүүмэхтэргэ араарыыны кластер диэн ааттанар.Кластеры оҥорууга озо куттамакка тугу билэрин, өйүгэр туох киирбитин тута суруйан иһиэхтээх.Бу ньыма озо айымньыны төһө ылыммытын, ырытар сатабылын тута көрдөрөр.

Ү.Нохсоороп Дыырай Бэргэн олоҥхотун ааҕыы, ырытыы кэнниттэн озолор оҥорбут үлэлэрин көрүөзүн:


Дьиэ

кэргэнэ


Кэргэнэ

Айталыын Куо

Озото

Араат Мохсозол


Дыырай

Бэргэн



Төрөппүттэрэ

Өстөөхтөрө



Күн Чөмчүлээн

Уол Дуолан

Аан Арбай

Күн

Дьирибинэ


Тойон Чуучустаан












Синквейн .

Синквейн ырыҥалыыртолкуйу сайыннарар технология албастарыттан биирдэстэрэ. Синквейни ордук тыл уонна литература учууталлара киэҥник тутталлар.Уруок бары түһүмэхтэригэр туттуллуон сөп:

1.Саҥаны арыйар уруокка

2.Бэйэни ырытынар, сыаналанар, бэйэ итэзэһин көннөрүнэр суолу тобулар уруокка ( уроки рефлексии)

3.Иҥэриммит өйдөбүллэри, сатабыллары түмэр, сааһылыыр уруокка.

4.Айар уруокка

Быраабылата.

1 строка.1 тыл.Айымньы сүнньүн тутар күлүүс тыл.(аат тыл эбэтэр солбуйар аат тыл).

2 строка.2 тыл.Айымньы сүрүн санаатын арыйар тыллар (дазааһын аат, аат туохтуур).

3 строка.3 тыл.( туохтуур, сыһыат туохтуур).Айымньы дьоруойдарын дьайыыларын сиһилиир, арыйар тыллар.

4 строка.4 тыллаах этии, ох тыл , өс хоһооно.

5 строка.1 тыл. Аат тыл.

Синквейн –озо айымньыны мөккүөрдэрин, сүрүн санаатын дириҥник ырытан толкуйдуур сатабылын сайыннарар.

Учуутал бу ньыманы туттан озо тылын, айар дьоҕурун сайыннарары ситиһэр.Итини сэргэ айымньыттан саамай суолталаах кэрчиги, тылы була үөрэнэр.

Холобур, Дыырай Бэргэн олоҥхону сиһилии ырытыы кэнниттэн озолор суруйбут үлэлэрин холобурдуубут:

  • Айыы бухатыыра

  • Аьыныгас, амарах

  • Араначчылыыр, өрүһүйэр, көмүскүүр

  • Бар дьонун туһугар туруулаһар

  • Уол оҕо бастына.

Дыырай Бэргэн олоҥхозо биир саамай киһи сөзөр, кыһыйар дьоруойа тойон Чуучустаан.Кини туһунан озолор суруйбут үлэлэрин холобурдуубут.

1.Айыы киһитэ

2.Ахсым, бардам, халбаҥ

3.Албынныыр.үөхсэр, охсуһар

4.Аһары үрдүктүк туттунар

5.Баай ыал оҕото.

Суон синьигэс ыйытыылар.”

Суон синньигэс” боппуруостар.

Суон синньигэс” боппуруостар үөрэнээччи уус-уран айымньы ис хоһоонун, түгэх сыалын таба өйдүүрүгэр суолу тобулар, алзаһын көннөрүнэр кыаҕы биэрэр.


Синньигэс” боппуруостар

Суон “ боппуруостар

  • Тойон Чуучустаан ким диэн ааттаах абааһы бухатыырыттан куотан Дыырай Бэргэҥҥэ кэлбитэй?

  • Аьаабыт иьитигэр кулгуйар” диэн өс хоһооно олоҥхо ханнык геройыгар сөп түбэһэрий?

  • Тойон Чуучустаан балтын аата?

  • Айталыын Куо убайыгар эн санааҕар майгынныыр дуо?

  • Дыырай Бэргэн ийэтэ, азата

  • Тойон Чуучустаан эн санаазар, хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитий?

  • Айталыын Куо, Дыырай Бэргэн озолорун аата.

  • .”Үтүө үтүөнэн төлөнөр” диэн өбүгэлэрбит сиэрдээх үгэстэрин Тойон Чуучустаан тоҕо кэстэ?

  • Ытык Солуонньай диэн кимий?

  • 3.Дыырай Бэргэн өһүргэнэрэ, уордайара , эн санааҕар, төһө сөптөөзүй? Бэйэн санааҕын эт

  • Араат Мохсозолу кимнээх ииппиттэрэй?

  • Араат Мохсоҕол ханнык хаачыстыбаларын сөбүлүү санаатыҥ?


Түмүк

Сахалыы куттаах- сүрдээх озо ис туруга чөл, тас сабыдыалга озустарбат, дьону кытта сатаан алтыһар, бодоруһар . Кистэл буолбатах, билиҥҥи озо атын омук култууратын, тылын-өһүн олус дөбөҥнүк сүһэн ылар, кэнникки сылларга тыа да оскуолаларыгар төрөөбүт тылын билбэт эбэтэр мөлтөхтүк саҥарар озолор аҕыйаза суохтар.

Олоҥхону озо сааһын, интэриэһин учуоттаан ,саҥа ньымалары, албастары туттан үөрэттэххэ үлэ түмүктээх буолара саарбаза суох.Үөрэнээччи күһэйии күүһүнэн буолбакка, базаран туран олоҥхону аахтаҕына эрэ дьиҥнээхтик ылынар.

Учуутал айыы бухатыырын сиэрдээх майгытын, тылын-өһүн ордук чорботон, үлэтин ити хайысханан былааннаатаҕына, үөрэнээччи сөптөөх толкуйга, түмүккэ кэлэр.

Ырыҥалаан толкуйдуур технология (ТРКМ) озо үөрэх дэгиттэр дьайыыларын баһылыы үөрэнэригэр олус табыгастаах.

Бастатан туран, озо сиэр-майгы нуорматын, сиэрдээх киһи диэн хайдах киһини ааттыылларын араара үөрэнэр, сиэр-майгы быраабылаларын тутуһарга дьулуһар.

Иккиһинэн, омугун уратытын, үйэлээх үгэстэри билэр,наардыы, араара үөрэнэр.

Үсүһүнэн, олоҥхону салгыы аазарга базата уһуктар, олоҥхону кудуччу аазар сатабылын сайыннарар.

Төрдүһүнэн, бодоруһа, алтыһа бөлөххө үлэлии үөрэнэр, атын озо санаатын тулуйан истэр, бэйэтин көрүүтүн олохтоохтук дакаастыы үөрэнэр.

Бэсиһинэн, айар дьозура сайдар.Түмүктүүр үлэни талан толорор, үлэтин кылаас иннигэр көмүскүүр.












Туһаныллыбыт литература


1.Григорьева В.Г.Народный сказитель Устин Нохсоров.-Якутск:ИП Иванов С.Д. «СМИК-Мастер»,2012.-112 с.

2. Дыырай Бэргэн.6 том.Дьокуускай, Бичик.2009

3. Иевлев.Е.К.Махтан, таптаа, эрэн.Дьокуускай.Бичик,2002с114

4.Илларионов В.В.Искусство якутских олонхосутов.- Якутск: Книжное изд-во, 1982 с114

5.Норуот ырыаьыта, олонхоьут Үстүүн Нохсоороп.Дьокуускай, Бичик 2008 с 186

6.Поликарпова Е.М, Гоголева М.Т.Олонхону- ыччакка.Дьокуускай: Кудук, 1998 с 62.

7. « Сана уорэх технологияларын торообут тылы уонна литератураны уорэтиигэ туттуу».Дьокуускай 2009

8.Саха литературатын оскуола5а уорэтии методиката.Якутск:Бичик, 2006с 188.

9.Уткин К.Д.Сах са5аттан.Дьокуускай:Бичик, 200 с261






Полный текст материала Статья "Олонхону билинни киэпкэ,ньыма5а киллэрэн уорэтии" смотрите в скачиваемом файле.
На странице приведен фрагмент.
Автор: Романова Сардана Владимировна  Публикатор
28.01.2018 0 3968 65

Спасибо за Вашу оценку. Если хотите, чтобы Ваше имя
стало известно автору, войдите на сайт как пользователь
и нажмите Спасибо еще раз. Ваше имя появится на этой стрнице.



А вы знали?

Инструкции по ПК