Конспект урока литературы по рассказу В. Е. Васильева-Харысхал "А5аа!"; 8 класс
8- с кылааска төрөөбүт литератураҕа уруок технологическай каартата
Аата: Төрөөбүт төрүт буор ахтылҕана.
( В.Е. Васильев- Харысхал «А5аа!» кэпсээнинэн)
Сыала |
Иитэр: Төрөөбүт дойдум, дьиэ кэргэним диэн сурун өйдөбүллэри” Аҕаа!” кэпсээҥҥэ тирэзирэн оҕо өйүгэр-санаатыгар тобулуу. Үөрэтэр: Кэпсээн ис хоһоонун, геройдар тылларын- өстөрүн сыныйан, быһаарсан ааҕыы, истиҥ иһирэх эйгэни үөскэтии. Сайыннарыы: Оҕо истэр, ааҕар, ырытар сатабылын сайыннарыы, олохсутуу. |
Уруок тиибэ |
Саҥа тиэмэни үөрэтии |
Сүрүн өйдөбүллэр |
Төрөөбүт сир,төрөппүттэргэ ытыктабыл, аар айылза |
Биридимиэттэри ситимнээһин |
Саха литературатын кытта историяны, географияны ситимнээһин |
Туттуллар тэрил |
Слайдалар, кинигэ быыстапката.дидактическай матырыйаал, каарта |
|
|
Уруок түһүмэхтэрэ |
Учуутал оҥорор дьайыылара |
Үөрэнээччи оҥорор дьайыыта |
Күүтүллэр түмүктэр |
1 түһүмэх. Уруогу тэрийии, үлэзэ көҕүлээһин |
1.Оҕолор уруокка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээһин. 2.Сөптөөх эйгэни үөскэтии
|
1.Уруокка бэлэмин хонтуруолланар, сааһыланар. 2.Учуутал саҥатын болҕойон истэр |
Болзомтозо киирэр,үлэлииргэ бэлэм буолар. |
2 түһүмэх.Сыалы-соругу тобулуу |
1.Уруок сыалын-соругун билиһиннэрэр. 2.Суруйааччы олоҕун, айымньыларын түмэн көрдөрөр быыстапканы , электроннай презентацияны билсиһиннэрэр. 3.Толкуйдатар эйгэни үөскэтэр. 3.Айымньы сүрүн ис номоҕор оҕо өйүн-санаатын чугаһатар. |
1.Ааҕар, истэр, бэлиэтэнэр. 2.Кэпсэтиһиигэ кыттар, санаа атастаһар. 3.Суруйааччы туһунан презентацияны көрөр, тэтэрээтигэр бэлиэтэнэр.
|
1.Интэриэһэ үөскүүр,билэр-көрөр сатабылын сайыннарар. 2.Атын киһини истэр үөрүйэҕин сайыннарар.
|
3түһүмэх.Ааҕыыны тэрийии |
1.Ааҕыыны тэрийэр. 2.Ураты суолталаах тыллары, сир-дойду ааттарын быһаарсар. 3.Айымньыны ылыныыны хайысхалыыр. |
1.Кэпсээни хоһоонноохтук ааҕар, болҕойон истэр. 2.Санаатын этэр, толкуйдуур. |
1.Уус-уран айымньы проблемаларын, суруйааччы көрүүтүн, сыһыанын быһаарсарга олук ууруллар. 2.Амма историятын, улуус сирин-уотун туһунан билэргэ баҕата үөскүүр. 3.Ааҕар сатабылын сайыннарар. |
4 түһүмэх.Дьиэтээзи үлэ
|
1.Үөрэнээччи айымньы тылын-өһүн, ис номоҕун таба өйдүүрүгэр сөптөөх ньыманы, албаһы толкуйдуур, туттар. 2.Салгыы үлэлииргэ ирдэбил туруорар.
|
1.Үлэтин былааннанар. 2.Тугу өйдөөбөтөҕүн ыйытар, быһаарсар, санаатын этэр.
|
1.Атын предметкэ ылбыт билиитин, сатабылын көдьүүстээхтик туһанар. 2.Бэйэтин үлэтин былааннаннар, дьаһанар. |
5 түһүмэх.Рефлекция
|
1.Истэр, көннөрөр, кэпсэтиһиини сөптөөх сиригэр салайан биэрэр. |
Үлэтин сыаналанар, сыаналыыр.Уруок итэҕэс уонна үчүгэй өрүттэрин ырытарга холонор. |
Төрөөбүт сир, дойду историятын билии олоххо наадалааҕын таба өйдүүр, толкуйданар |
Уруок тэнитиллибит былаана.
Аата: Төрөөбүт буор ахтылҕана.
(В.Е.Васильев-Харысхал “ Аҕаа!” кэпсээнинэн).
I. Уруокка ыҥырыы түһүмэзэ (стадия вызова)
Учуутал: Үтүө күнүнэн! Бүгүн биһиэхэ литература уруога, ол аата бүгүн биһиги уус-уран айымньыны, суруйааччыны кытта алтыһабыт, атыннык эттэххэ суруйааччыны кытта бииргэ тыынабыт, санаа атастаһабыт.
II.Түһүмэх.Сыалы-соругу тобулуу.
Уч: Бу суруйааччыны эһиги билэзит, тылын-өһүн истибиккит, сорохторго өссө кинигэтин бэлэхтэээн турар.Ким туһунан этэбиний?
Саамай сөп, кини биһиги, Аммалар, тарбахха баттыыр талааннаах суруйааччыбыт, драматурбут, кэпсээнньиппит.Василий Егорович саха литературатыгар туспа суоллаах- иистээх киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн үлэлиир, саха норуотун улуу дьоннорун ааттарын үйэтитэн элбэх айымньылары суруйда.Кини айар үлэтин, сүрүн айымньыларын Айсена Иванова билиһиннэриэ.
1. / суруйааччы айар үлэтин түмэн көрдөрөр презентация/.
Учуутал: Ханнык жанрдарга ордук ылсыһан үлэлии сылдьар эбитий? Норуот барыта сүгүрүйэр улуу дьоннорун, кимнээх ааттарын үйэтиттэ? Василий Егорович аан бастаан кэпсээнньит быһыытынан норуокка биллибитэ. Кэпсээннэрин геройдара тыа сирин үлэһит, сэмэй дьонноро.Амма дьонун,сирин-уотун ,ытык сирдэрин ааттарын кини кэпсээннэриттэн ааҕан соһуйабыт, үөрэбит даҕаны.Сүрүн үлэбитигэр киириэхпит иннинэ мин эһигиттэн маннык боппуруоска эппиэтииргитигэр көрдөһөбүн.
Киһи олоҕор инники күөҥҥэ тутар саамай ытык өйдөбүллэрэ, сыаннастара ханныктарый.? Баһаалыста, этиҥ эрэ.
Ити эппит ытык өйдөбүллэрбит Баһылай Харысхал кэпсээнин түгэх сыалынан буолаллар. Эһиги саамай сөпкө эттигит, дьиэ кэргэн сүрүн сыаннаспыт диэн.Дьиэ кэргэҥҥэ иитэр-аһатар, дурда-хахха буолар киһибит кимий.? Саамай сөп. Баһылай Харысхал “Аҕаа !” диэн кэпсээнигэр төрөппүт уонна оҕо сыһыанын туһунан ааҕааччыны толкуйдатар гына суруйар.
Уруокпут сүрүн сыала, биллэн турар, кэпсээни ааҕыы, истии эрэ буолбат. Эһиги санааҕытыгар? Саамай сөп, толкуйдаан ааҕабыт, тыл суолтатын, ис номоҕун быһаарсабыт, быһаарабыт.
Бүгүҥҥү уруокпут сүрүн сыалынан буолар : Кэпсээн ис хоһоонун, геройдар тылларын- өстөрүн сыныйан, быһаарсан ааҕыы, истиҥ иһирэх эйгэни үөскэтии.
Кэпсээни ааҕар кэммитигэр сорох түгэҥҥэ тохтоон, быһаарсан ылыахпыт.
III. Аа5ыыны тэрийии. (Быһаарсыылаах ааҕыы)
- Кэпсээн сүрүн геройа кимий ? Ылдьаа –студент, бииргэ олорор уолаттара хайдах оҕолор эбиттэрий?
-“Остеохондроз суоппардар профессиональнай ыарыылара буоллаҕына, бырыынчыктааһын- бу хгалтердар профессиональнай ыарыылара быһыылаах?”
-Бу этии Ылдьаа а5атын ханнык хаачыстыбаларын көрдөрөрүй?
-Сүрүн герой, Ылдьаа ис туруга сыыйа уларыйан иһэр.Ити кэрчиги болҕойон ааҕабыт. «Өбүгэ үгэһэ салҕанан иһиэҕэ”- бу этии туох суолталаа5ый? -Эһиги санааҕытыгар?
IV.Түһүмэх.Дьиэтээзи үлэ.
Уч: Биһиги биир дойдулаахпыт Баһылай Харысхал “Азаа “ кэпсээнин ааҕан бүтэрдибит.Бу айымньыга Амма ытык, кэрэ сирдэрэ ойууланаллар.Дьиэҕитигэр маннык сорудаҕы толорон кэлэргэ кыһалллаҕыт.
Сорудахтар :1).Кэпсээнтэн автор айылза кэрэтин уустаан-ураннаан ойуулуур түгэнин тэтэрээккитигэр устан кэлэҕит.
2).Кэпсээҥҥэ ойууламмыт сирдэр, үрэхтэр ааттарын Амма улууһун каартатыттан булабыт, тэтэрээппитигэр условно бэлиэтэнэбит.
V.Түһүмэх.Рефлексия
Уч: Айымньыны ааҕыы уонна истии, ырытыы-барыта биир ситимнээх айымньылаах үлэ түмүгэ.Кэпсээни ис сүрэххититтэн сэҥээрэн аахпыт буоллахпытына, араас толкуйдар, санаалар үөскүүллэр…..
Кэлэр уруокка үлэбит сүрүнүгэр, ырытыыга, киирэбит.Билигин хас биирдии оҕо үлэтин сыаналанар, сыаналаныы лииһигэр ааккытын суруйбакка эрэ толробут.
Сыаналаныы лииһэ |
||
1 |
Олус интэриэһинэй кэпсээн |
|
2 |
Ис хоһооно өйдөнөр, үчүгэй |
|
3 |
Син үчүгэй, ааҕыахха сөп |
|
4 |
Сөбүлээбэтим, ыарырҕаттым. |
|
2 уруок.
Уруок аата: Өбугэ угэьин ситимэ
( Суруйааччы В.Е. Васильев “А5аа !” кэпсээнинэн).
Сыала |
Иитэр:Хас биирдии саха киһитэ, уола, сирдээх-уоттаах, өбүгэ үгэһин салзыахтаах диэн санааҕа оҕо өйүн-санаатын түмүү Үөрэтэр: Кэпсээн ис номоҕун ырытан, айымньы сурун санаатын тобулуу, тумугу оноруу. Сайыннарыы: Уус-уран айымньыны ырытар, быһаарсар, бэйэтин үлэтин сыаналыыр сатабылын сайыннарыы.
|
|
|||
Уруок тиибэ |
Хатылааьын |
|
|||
Сүрүн өйдөбүллэр |
Төрөөбүт сир,төрөппүттэргэ ытыктабыл, аар айылза |
|
|||
Биридимиэттэри ситимнээһин |
Саха литературатын кытта историяны, географияны ситимнээһин |
|
|||
Туттуллар тэрил |
Слайдалар, кинигэ быыстапката.дидактическай матырыйаал, каарта, сорудахтаах карточкалар |
|
|||
|
|
|
|||
Уруок түһүмэхтэрэ |
Учуутал оҥорор дьайыылара |
Үөрэнээччи оҥорор дьайыылара |
Күүтүллэр түмүктэр |
||
1 түһүмэх. Уруокка ыҥырыы түһүмэҕэ |
1.Оҕолор уруокка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээһин. 2.С.Данилов хоһоонун бииргэ ааҕарга сорудахтыыр. 3.Уруок сыалын бииргэ көмөлөөн быһаарарга көҕүлүүр. 4.Ситиһиилээхтик үлэлииргэ ирдэбил туруорар. |
1.Бэйэ уруокка бэлэмин хонтуруоллааһын. 2.Уруок эпиграбын ааҕыы. 3.Учуутал саҥатын болҕойон истии. 4.Уруок сыалын көмөлөөн тобулуу. |
1. Уруок сыалын, сүрүн үлэтин быһа холуйан билэр, сабаҕалыыр. 2.Хомоҕойдук саҥарарга кыһаллар. 3.Тус санаатын этэр, быһаарсар.
|
||
2 түһүмэх.Дьиэзэ үлэни бэрэбиэркэлээһин |
1.Айымньыны ылыныы таһымын билгэлиир. 2.Каартаҕа үрэхтэр, сирдэр ааттарын буларга сорудахтыыр. 3.Эбии информацияны биэрэр. 4.Лээги сирин-уотун туһунан билиһиннэрэр слайдалары көрдөрөр, быһаарар.С.Капитонов тылларыгар Лээгим миэнэ диэн ырыаны истэргэ ыҥырар.
|
1.Үлэтин бэрэбиэркэлэнэр, алҕастарын көннөрүнэр. 2.Боппуруостарга эппиэттиир. 3.Кэпсээнтэн уус-уран ойуулааһыннары булан ааҕар. 4.Эбии информацияны ылар, туһанар. 5.Интэриэһэ үөскүүр, сонургуур.
|
Төрөөбүт улууһун историятын, сирин-уотун туһунан эбии билиини ылар, билэр-көрөр баҕата уһуктар. Атын предметкэ ылбыт билиитин сөптөөхтүк туһанар. |
||
3 түһүмэх. Бөлөҕүнэн үлэ |
1.Үлэ хаамыытын тэрийэр, сөптөөхтүк аттарар. 2.Оҕолор санааларын болҕойон истэр, кэпсэтиини сүрүннүүр. |
1.Инники уруоктан ылбыт билиитин туһанарга кыһаллар.Сорудахтары болҕойон ааҕар, тиэкиһинэн үлэлииллэр. 2.Тэҥниир, ырытар, түмэр, дакаастыыр. 3.Айар сорудаҕы толороллор, санааларын ситэрсэллэр. |
Бэйэ-бэйэлэрин истиһэллэр, мөккүһэллэр, санааларын дакаастыыллар.Айымньылаах алтыһыы туругар киирэр.Санаатын сааһылаан этэр үөрүйэзэ сайдар.
|
||
4 түһүмэх.Рефлексия
|
Кэпсээн сүрүн ис номоҕун, айымньы сүрүн санаатын төһө таба өйдөөбүттэрин , туох түмүккэ кэлбиттэрин чопчулуур. Инникки өттүгэр ситиһиилэри баҕарар.
|
1.Бөлөххө ким хайдах үлэлээбитин быһаарсаллар, чопчулууллар. 2.Сыаналаныы лииһин толороллор. 3.Баҕа санааларын этэллэр. |
1.Уруок бэйэтин дьайыытын таба сыаналанар үөрүйэзэ сайдар, олохсуйар. 2.Өбүгэ үгэһин тутуһар, сиэрдээх майгылаах киһи билиҥҥи олоххо ситиһиилээх буоларын таба өйдүүр, ырыҥалыыр..Эр киһи, хаһаайын сирдээх- уоттаах буолуохтааах диэн бигэ санаалаах. |
||
5 түһүмэх.Дьиэтээзи үлэ. |
Түмүк санаатын этэр.Дьиэтээзи үлэни быһаарар. |
Истэр,ыйытар, сорудаҕы бэлиэтэнэр. |
|
Уруок тиэмэтэ: В.Е. Васильев- Баьылай Харысхал.( Азаа !) Уруок эпиграба
Уруок аата : Өбүгэ үгэһин ситимэ Озобор киэн тутта, махтана
Такайан этэбин - Үйэзэр
Өбүгэҥ үгэһин үксэтэр
Үчүгэй үгэскин умнума
С.Данилов.Өбүгэ үгэһэ.
Уруок хаамыыта
I .Уруокка ыҥырыы түһүмэзэ ( стадия вызова)
Учуутал: Үтүө күнүнэн, бүгүн литература уруога, ол аата тыл уус- уран маастардарын, кинилэр олоххо көрүүлэрин, толкуйдарын батыһа айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиэхтээхпит !!! Ааспыт уруокка эппитим курдук, Баһылай Харысхал киэҥ сирдэринэн сылдьан хоннохтоохтук үлэлиир суруйааччы. Кини тылын- өһүн, санааларын сорох оҕолор истибиккит, өйдөөн хаалбыт буолуохтааххыт.
Билигин баһаалыста уруок эпиграбын бары тэҥҥэ ааҕыаххайыҥ. Бу хоһоон этэр санаатын тула бүгүҥҥү уруокка санаа атастаьыахпыт, ырытыахпыт. Бастакы уруокпут сурун сыалынан буолбута кэпсээни аа5ыы, уонна айымньы бэлиэ тылларын, кэрчиктэрин бэлиэтэнии.
Бүгүҥҥү уруокпут сыалын көмөлөөн быһаарабыт, тобулабыт.
(Уруок сыалын тобулуу).
Уч: Эһиги сүрүн сыалгытынан буолар” Аҕаа!” кэпсээн туруорар проблемаларыттан тирэзирэн, айымньы сүрүн санаатын быһаарыы, санаа атастаһыы.
II..Дьиэзэ үлэни бэрэбиэркэлээһин
Уч: Эһиги Амма улууһун атлаһыттан кэпсээҥҥэ ойууланар сирдэри, үрэхтэри булан тэтэрээккитигэр барылын оҥорон кэлиэхтээх этэзит.Каартаны бары болзойон көрөбүт, кэпсээҥҥэ ааттаммыт сирдэри көрөбүт, сыыһа оҥорбут буоллаххытына көннөрөбүт.Мундуруччу диэн улахан элгээннэрдээх, элбэх араас балыктардаах, бултаах- алтаах үрэх. Былыр манна сахалар эбэҥкилэри кытта сэриилэспиттэр. Дьоннор хойукка диэри охторун оноҕоһун ырбатын хайа үрдүгэр үүнэн турар мастарга булаллаллара үһү. Өнтө хайата дьиҥнээх былыргы аата Тойоодуку диэн эбит.Кэпсээнтэн ити сирдэр автор хайдах курдук уустаан –ураннаан ойуулаабыт кэрчиктэрин булан быһа тардан аааҕыаҕын.
(Кэпсээнтэн быһа тардан ааҕыы)
-Айсена, баһаалыста, ааҕан иһитиннэр эрэ.
Уч: Суруйааччы ханнык дойду кэрэ айылҕатын,булдун-аһын ойуулаабытый?
Лээги нэһилиэгэ Амма улууһун биир саамай кэрэ, туруук таас хайалардаах ырыаза ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут сирэ.1969 сыллаахха Лээги нэһилиэгэ көһөрүллүбүтэ.Ол эрээри Лээги дьоно-сэргэтэ төрөөбүт дойдутун умнубат, ситим салҕанар.....
(Лээги айылзатын көрдөрөр слайдалар).
Семен Капитонов тылыгар “ Лээгим миэнэ “ диэн ырыаны истэн ылыаҕын.
III.Бөлөҕүнэн үлэ.
Уч: Икки бөлөҕүнэн үлэлиибит.Сорудахтары болҕойон ааҕабыт, бэлэмнэнэбит.Сорудахтар араас хабааннаахтар, проблемнай ыйытыылар,литература теориятыттан уонна биллэн турар айар сорудах.
Ыйытыылар, сорудахтар.
1 бөлөх сорудаҕа 2 бөлөх сорудаҕа
1 |
Кэпсээн тиэмэтин быһаарын |
Кэпсээн жанровай уратытын быһаарын |
2 |
Суруйааччы Ылдьаа характерын ханнык уус-уран ньыманан арыйарый, холобурдарынан бигэргэтэбит |
Суруйааччы аҕа характерын ханнык уус-уран ньыманан арыйарый, холобурдарынан бигэргэтэбит |
3 |
Проблемнай ыйытыылар 1.Этиилэри болзойон аах, тэҥнээн көр, туох диэн сабаҕалааһыны оҥоруохха сөбүй? “Икки атахтаах олорбот урэх баьа, эьэ-боро дойдутун Токиоза Гиндза дуу, Нью- Йорка, Бродвей дуу курдук уустаан –ураннаан кэпсиир.Истэ сатаан баран, араас биричиинэнэн дьаадьыйан биэрэбин”. “А5аа! А5аа! Эн биьи хайаан да эн ахтыл5аннаах Ургуордээххэр барыахпыт”
|
Проблемнай ыйытыылар Этиилэри бол5ойон аазын, ис номозун быьаарарга холонун. “Өйдүүр инигин, өнньүөс сиргэ үөрэнэ киирээри, аҕам бокуонньуктуун аал охсунан айаннаабыппытын кэпсээбиппин. Ол бэйэтэ дьикти остуоруйа курдук айан этэ Мундуруччу, Төҥүүттэ, Өнтү хайаларыгар өбүгэлэрбит ытык бэлиэлэрин сөргүтэн ааспыппыт.Ол мин, биһиги аймах олохпут суолун бэлиэлэрэ, олору эн, мин уолум, хайаатар да билиэх, сөргүтүөх тустааххын..” Эн миэхэ өбүгэлэрбит ытык бэлиэлэрин көрдөрүөҥ.Ол бэлиэлэри мин хойут уолбар сөхсүтэн көрдөрүөм.Ол курдук өбүгэ үгэһэ салҕанан иһиэзэ.
|
4 |
Кластер ньыматын туттан кэпсээн геройдарын, сүрүн, ойоҕос проблемаларын, сүрүн санаатын ырытарга холонун |
Уоллаах аҕа уобарастарын арыйан синквейн айарга холонун |
5 |
Айар сорудах.Торообут дойду диэн тиэмэзэ аллитерационнай тутуллаах хоьоон айыыта. Сурун ирдэбил ( хоьоон тиэмэтин, тутулун тутуьуу ) |
Айар сорудах.Торообут дойду диэн тиэмэзэ силлабическай тутуллаах хоьоон айыыта. Сурун ирдэбил ( хоьоон тиэмэтин, тутулун тутуьуу |
Уч:” А5аа”! кэпсээҥҥэ Ылдьаа аҕатын саамай баҕа санаата тугуй?Уонна ол ыра санаата, баҕата туолуо дуо? Суруйааччы Баһылай Харысхал бу кэпсээнигэр саха суруйааччыларын үгэстэрин салҕаан,эр киһи, уол оҕо проблематын көтөҕөр. Саха норуота өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит биир сүрүн өйдөбүлэ уол оҕо аҕа олоҕун салгыахтаах, сирдээх-уоттаах буолуохтаах диэн.
IV.Рефлексия
Уч: Уруок эьиги санаа5ытыгар хайдах ааста? Баьаалыста, сыаналаныы илииьин толоробут
Бөлөҕүнэн үлэлиир үчүгэй |
|
Эн бөлөххөр ким ордук үчүгэйдик үлэлээтэ? |
|
Бөлөҕүнэн үлэлиир син үчүгэй |
|
Бэйэҥ үлэзин хайдах сыаналыыгын? |
|
Бөлөҕүнэн үлэлиири ыарырҕатабын.То5о? |
|
Тугу ыарырҕаттын? |
|
Уч: Ханнык сорудаҕы ордук собулээтигит?
-Тугу ыарырҕаттыбыт?
-Оссо эбии ханнык сорудахтары киллэриэххэ собуй?
V.Дьиэтээзи улэ.
“Азаа!” кэпсээн тиэмэтигэр тирэзирэн 5-тэн итэзэһэ суох боппуруостар, ыйытыылар ситимнэрин толкуйдааһын.
Литература
1.Поликарпова Е.М.Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии методиката.
2. Лээги.1./ хомуйан онордулар: Матвеева А.А.,Охлопкова З.П., Григорьев В.М.,-2012.-528
3.Иитии-үөрэтии сатабыла. №1 (1) 2016, ГУП “Национальное книжное издательство «Бичик» РС (Я0 им.С,А.Новгородова»
На странице приведен фрагмент.
Автор: Романова Сардана Владимировна
→ Публикатор 16.03.2018 0 1849 27 |
Спасибо за Вашу оценку. Если хотите, чтобы Ваше имя
стало известно автору, войдите на сайт как пользователь
и нажмите Спасибо еще раз. Ваше имя появится на этой стрнице.